Мэҥэ Хаҥалас оройуонун тырахтарыыстара иккис кинигэ
Ф.К.Попов аатынан сопхуос - кинигэ сүрэхтэниитин күнүгэр
Ахсынньы ый 18 күнэ,биир улахан үлэ түмүктэммит чааһыгар,ыҥырыллан,элбэх хоһуун тырахтарыыстары илдьэ бардыбыт Дьанхаадыга. Биһигини кытта ол эбэтэр,ыҥырыыны быһа гыммакка,үөрүүнү үллэстэ,дьон үлэтигэр сыанабыллаахтык сыһыаннаһыы. Тырахтарыыстарбыт Гаврил Гаврильевич Семенов, Иван Васильевич Скрябин, Василий Васильевич Жирков,Петр Иннокентьевич Ильин,Николай Петрович Птицын,Алексей Николаевич Герасимов,совхоз салайааччыларыттан биирдэстэрэ Агафий Герасимович Иванов буолан сырыттыбыт. Лоп курдук,бары тэринэн эбиэт инниттэн айаннаан,бастакынан Герой -Попов ол кэм саҕанааҕы киинигэр Техтюргэ тиийдибит. Олохтоохтор,кулууб үлэһиттэрэ үөрэ-көтө көрсөн,итии чэй,алаадьынан күндүлэнэн чээйдээтибит. Тэрээһиммит,ыйыллыбыт чааһыгар саҕаланна. Үөрүүлээх чааһы арыйдылар Жанхаады нэһилиэгин Баһылык солбуйааччыта,Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын начальнигы солбуйааччыта. Салҕыы өр кэмҥэ үлэлээбит совхоз дириэктэрэ Александр Михайлович Андреевка тыл бэрилиннэ,кылгастык үлэ -хамнас туһунан кэпсээтэ,салайааччылары аҕынна,үтүө үлэһиттэри ахтан-санаан ылла, бүтэһиккэ Сергей Зверев айымньытыттан быһа тардан эҕэрдэлээн толордо. Эҕэрдэлэрин,салҕыы эттилэр Бэдьимэ,Сымах нэһилиэктэрин баһылыктара. Онтон салҕыы Хорообуттарга кэллэ. Биһиги краеведпыт,элбэх кинигэҕэ үлэлээбит,сыратын биэрбит Светлана Николаевна Ильина,кини илдьэ кэлбит тырахтарыыстарбытын сыанаҕа таһаартаан дьон-сэргэ ортотугар билиһиннэрдэ,үлэлэрин аҕынна,салҕыы Хорообут библиотекатын үлэһитэ Варвара Филиппова, махтал суруктары Тыа сирин түөлбэтин Хорообут нэһилиэгин Баһылыгын аатыттан Светлана Николаевна Ильинаҕа,Татьяна Ивановна Артемьеваҕа,Александр Владимирович Эверстовка туттарда. Онтон салҕыы,Агафий Герасимович Иванов,оччотооҕу үлэни-хамнаһы,өссө да үлэлээн ааспыт дьону,ону сэргэ элбэх тыраахтарга үлэлээн ааспыт биһиги аҕабытын Афанасий Кирсанович Филипповы аҕынна уо.д.а.кэпсээтэ.Эбии этэн ааһар буоллахха,биһиги аҕабыт,араас саҥа тахсыбыт тыраахтарга үгүстэригэр үлэлээн ааспыт. Билигин,тырахтарыыс дьахталлартан,соҕотох баар Варвара Григорьевна Филиппова. Салҕыы,тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон санааларын этэн,эҕэрдэ нүөмэрдэрэ истэн,биһиги нэһилиэктэн Петр Сергучев ырыатын бэлэхтээтэ.Мантан салҕыы,тыл бэрилиннэ,ол кэминээҕи булгалтерыгар Клара Петровна Шаринаҕа.Клара Петровна,бэрт сэргэх түгэннэри ахтан санаан ааста,бары бииргэ үлэлээбит дьонун, Пахом Агафьевичтыын үлэлээбит сылларын кэпсээтэ. Түмүккэ,Татьяна Ивановна Артемьева,кинигэ үлэтин хаамыытын ,ханнык нэһилиэк бэрт үчүгэйдик үлэлээбитин хайҕабыл тылынан аҕынна. Үлэлээбит дьоҥҥо,махтал суруктары,сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Тэрээһини,олохтоох библиотека,кулууб үлэһиттэрэ ыыттылар. Ыалдьыттары тэрээһини түмүктүүр сандалынан күндүлээтилэр. Кэлбит дьон,саҥа кинигэлэрин тутан,ылан үөрэн тарҕастылар. Биһиги,махтанабыт бу тэрээһиҥҥэ барыыны-кэлиини массыынан,босхо хааччыйбыт нэһилиэкпит дьаһалтатыгар,баһылыкка Гаврил Юрьевич Бродниковка уонна оскуолабыт салайааччытыгар Владислав Петрович Ивановка,суоппардарбытыгар Степан Жирковка,Михаил Чугуновка.