Айаарыскай - Владимир Петрович Ильин 90 сааһа.
Ахсынньы 13 күнүгэр, Чалҕаа нэһилиэгиттэн төрүттээх, Ильин Владимир Петрович - Айаарыскай тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Сойуус саҕанааҕы тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Алдан оройуонун, Хатыстыыр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, "Учууталлар учууталлара" бэлиэ хаһаайына төрөөбүтэ
9️⃣0️⃣ сылын бэлиэтиир *"Ахтан санаан ааһыаҕын"* ахтыы биэчэрэ буолла. Биэчэри Хорообут нэһилиэгин Аҕа Баһылыгын эҕэрдэтинэн аһылынна, "Таа Баалын уолабын" хоһоонунан эҕэрдэлээтэ Атаскаан кыыһа Наталья Борисова, төрөппүттэрин билиһиннэрдэ эдьиийдэрэ,биһиги нэһилиэк краеведа Светлана Ильина, аҕатын туһунан ,Күүстээх Миитээскилиин алтыһан ааспытын туһунан кэпсээтэ ,Хорообут орто оскуолатын иитэр үлэҕэ завуһа Октябрина Егоровна Васильева, Ильиннар бииргэ төрөөбүт бырааттарын,аҕаларын туһунан аҕынна Марфа Иннокентьевна Шишигина, ону таһынан бэйэлэрэ оҥорон таһаартарбыт саҥа кинигэлэрин аймахтарыгар бэлэх ууннулар, салҕыы аймах билэ дьонун,үөрэммит сылларын биирдиилээн кэпсээтилэр Ирина Степановна Ильина,Анна Иннокентьевна Скрябина,Татьяна Николаевна Тролукова. Айаарыскай хоһоонноруттан 8,11 кылаас үөрэнээччилэрэ,"Үөрүү Сүүрээнэ" түмсүү чилиэттэрэ аахтылар. Салҕыы бэйэлэрин ахтыыларын иһитиннэрдилэр Агафий Герасимович Иванов, убайдара,бырааттара Николай Николаевич Ильин.Владимир Петрович мин аҕабын Афанасий Кирсанович Филиппов кытта кыра эрдэҕиттэн бииргэ улаатан ,кэлин куруук сылдьара,билсэ тураллара ол туһунан ахтан кэпсээтэ Варвара Филиппова.Владимир Петрович - Айаарыскай бэйэтэ суруйан хаалларбыт хоһооннорун хомуурунньуга аҕыйаҕа суохтар. Эҕэрдэ нүөмэри бэлэхтээтилэр "Сандаара" ырыа ансаамбыла.Биэчэрбит сүрүн ыалдьыттарынан буоллулар Айаарыскай-Владимир Петрович кыргыттара Наталья,Мария Владимировналар, кинилэр оҕолоро,сиэннэрэ. Тэрээһини тэрийэн ыыппыт дьоҥҥо- сэргэҕэ махтаннылар,бары үчүгэйи баҕардылар.
Түмүктээн эттэххэ,бары кыттыбыт,кыттыспыт,араас өттүнэн күүс - көмө буолбут дьоммор,чуолаан Светлана Николаевнаҕа,Антонина Иннокентьевнаҕа уо.д.а .махтанабын.Биэчэри ыытта олохтоох библиотека үлэһитэ Варвара Филиппова.Быйылгы сылга суруйар дьоҕурдаах дьоммут үбүлүөйдээх саастарын төһө кыах баарынан бэлиэтээтибит.